Page 69 - Слайд 1
P. 69
Билигин бу сааьыран олорон санаатахха, биьиги
ветераннарбыт олох араас оруттэрин барытын билбит
дьоннор эбит. Сэрии иннинэ дьоллоох олох,
ньиргиэрдээх, куустээх улэ, дьиэ-кэргэн, о5о-уруу, сиэн.
Онтон А5а дойду сэриитин сылларыгар тонуу-хатыы,
аччыктааьын, уоттаах сэрии, тэннэ сэриилэьэ сылдьар
чугас до5отторо, биир дойдулаахтара сэрии толоонугар
олон охтоллоро, маны барытын илэ харахтарынан
корон, ыар аьыныы торообут дойдуларыгар эргиллэн
кэлбиттэрэ, бу кинилэргэ дьол эбитин.
Кунду А5а дойду сэриитин кыттыылаахтара,
ветераннар! Кэлэр колуонэ ыччаттарыгар эйэлээх оло5у
а5албыккытыгар, биьи «нус-хас» олорорбутугар эьиэхэ,
бар5а махтал!
Уйэ-саас тухары олбот-суппэт Албан Аат!
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Ахтыыны суруйда 1970-н сыллардаа5ы
колуонэ уорэнээччитэ, октябренок, пионерка,
коммунистка Мария Петровна Кычкина-Замятина.
Матта боьуолэгэ, 2020 сыл.