Page 75 - Слайд 1
P. 75
Ийэбит Уус Алдан Саьылыкааныттан торуттээх, кинини а5ам тахсан 1934
сыллаахха сугуннэрэн киирбит, онтон син биир кэнники холкуостар бодонсутуу
да буолбутун кэннэ ийэбит наар суоьу улэтигэр ыанньыксытынан улэлээбитэ.
Мтс кэнники кыайыы буолбутун кэннэ сал5ыы улэлээбиттэрэ буолуо да5аны,
гынан баран биьиги а5абыт сэрии кэнниттэн манна октябрь холкуоска кэлэн
араас улэлэргэ улэлээбит. Сайынын звеноводтуур эбит от улэтигэр, кыьынын
арааьынай холкуос улэтигэр барытыгар улэлээбит. Уонна тутууга улэлээбит,
хотон, дьиэ тутааьыныгар сыратын биэрбит эбит. Онтон биьиги а5абыт
дьиннээх араспаанньата Никитин Дмитрий Васильевич диэн эбит, кинини
торообут эьэтэ (ийэтинэн эьээтэ) сэттэ кыыс о5олоох буолан уола суох эбит ол
иьин биьиги а5абытын улахан кыыьыттан Маайаттан ылан ииппиттэр,
бэйэлэрин анныларынан суруйтарбыттар. Ол иьин Скрябин Дмитрий
Васильевич диэн эбит. Ийэбит тордо Саьылыкаан эбит, бу ыаллыы сытар Уус
Алдан улууьа, онтон тахсан киллэрэннэр а5ыс о5ону торотон улаатыннаран
киьи онорон олорбуттара. А5абыт эрдэ олбутэ, кини улахан ыарыыга ыалдьан
1965 сыллаахха олохтон туораабыта, иннэ гынан ийэбит бэйэтэ барыбытын
атахпытыгар туруорбута. Ийэбит бииргэ торообут 3 эбит, быраата сэриигэ
ынырыллан айаннаан иьэн ис тиибигэр ыалдьан олбут, бииргэ торообут балта
ыал буолан олорон сотол ыарыыттан эмиэ олох эдэр сааьыгар олбут.