Page 74 - Ветераны
P. 74
ХАРИТОНОВ СТЕПАН ДАНИЛОВИЧ
Биһиги хос эһээбит Степан Данилович 1912 с. Орджоникидзевскай
оройуон I нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Тойон Арыы түӊ былыргы буор аата
Дьобулҕа, нэһилиэгэ Малдьаҕар. Билиӊӊитинэн Хаӊалас улууһа 1941
с от ыйын 7 күнүгэр бастакы хомуурга Лэкэттэлэр аҕа уустарыттан
сэттэ ини-бии Харитоновтар тутуспутунан бары биир хомуурга
түбэһэннэр сэриигэ ынырыллыбыттара.
Биһиги хос эһээбит 1941 с. балаҕан ыйыгар Москва куорат анныгар
сураҕа суох сүппүтэ. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Ити
курдук ини –бии Харитоновтар Ийэ дойдуларын көмүскүүр улуу
сэриигэ сылдьаннар үстэрэ Новгородскай уобаласка, түөртэрэ хана
көмүллүбүттэрэ биллибэккэ сураҕа суох сүппүттэрэ. «Ийэ дойду,
көӊүл иһин илин-арҕаа кыргыспыттара, Кыайыы үрдүк өрөгөйүн
кынаттаан аҕалсыбыттара».
Хос сиэннэрэ Арсен 1 «а» кыл., Витя 5 «б» кыл.,
Аким 10 «а» кыл. Харитоновтар.