Page 27 - Слайд 1
P. 27
1946 сыллаахха Кыайыы өрөгөйдөөх сэрииттэн
эргиллибитэ. Дьоно-сэргэтэ сэрии туһунан олох кэпсээбэт
этэ дииллэр. Хаһан эмэ сылаа таһааран кыратык
истэҕинэ, генерал Власовы соччо сөбүлээбэтин
биллэрэрэ. Онон буоллаҕына, төгүрүктээһиҥҥэ дуу,
билиэҥҥэ дуу түбэһэ сылдьыбыт буолуон сөп. Оскуолаҕа
оҕолору кытта көрсүһүүгэ Венгрияны, Румынияны,
Польшаны босхолоспутун туһунан кэпсиирэ. Матта5а
кэлэн сүөһү көрүүтүгэр Молотов аатынан, “Октябрь”
холкуостарга үлэлиир. Үчүгэй үлэтин иһин элбэх
грамоталардаах, махтал суруктардаах. 1965 с. Саха АССР
Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай
грамотатынан наҕараадаламмыта. 1952 сыллаахха
Трифонова Варвара Васильевналыын ыал буолаллар.
Уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Уола Шестаков Василий
Петрович Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин
олохтоозо. 2 оҕолоох, 4 сиэннээх. Кыыһа Маркова
Татьяна Петровна 6 оҕолоох, 17 сиэннээх.