Page 31 - Слайд 1
P. 31
А5а Дойду улуу сэриитин ветерана
(ахтыыны сиэнэ Шепеткина Александра
Семеновна тылыттан суруйда
Федоров Айтал, 5 кылаас)
Биһиги эһээбит, ийэбит Цыпандина (Шепеткина Анна Алексеевна
аҕата Цыпандин Алексей Васильевич – Уус Өлөксөй 1904 сыл Араҥас
нэһилиэгэр Таратка төрөөбүт.
Кини тарбаҕар үчүгэй уус киһи эбитэ үһү. Үрүҥ , кыһыл көмүс
киэргэллэри , иһит уурар ыскааптары , сундуугу оҥороро үһү , оҥорбут
оҥоһуктары элбэх ыалга баара диэн , биир дойдулааҕа Кычкин Степан
Тарат олохтооҕо кэпсиир этэ .
1942 сыллаахха А5а дойду сэриитигэр ыҥырыллар .
Кинини тимир ууһа буоларын билэннэр Тула куоракка сэрии сэбин
оҥорор заводка ылаллар .
Сэрии кэнниттэн , сэриигэ эмсэҕэлээбит куораттары чөлүгэр
түһэриигэ үлэлиир.
Цыпандин 1947 сыл дойдутугар төннөр .
Алексей Васильевич Төннөн кэлэн Маттаҕа , Балыктаахха , Таратка МТС – ка тимир ууһунан
– Уус Өлөксөй үлэлиир . Ворошилов аатынан колхозка МТС ка , колхостарга үрдүк
(1904 -...) таһарыылаахтык үлэлиир . Ханнык баҕар алдьаммыт саппаас чааһы
бэйэлэрэ оҥорбут чаастарынан солбуйара . Эһэбит бииргэ төрөөбүт үс
ини – биилэр . Аҕа дойду сэриитигэр үһүөн барбыттара уонна этэҥҥэ
дойдуларыгар кыайыы көмөллөөх эргийбиттэрэ .
Наҕарадалара : Сталин мэтээлэ , үлэҕэ килбиэнин иһин мэтээл .