Page 34 - Слайд 1
P. 34
“Миигин ийэм ыалдьыбытыгар, балтараа сааспар ылан ииппит дьонум, Елена
Михайловна уонна Федот Федотович буолаллар. Елена Михайловна төрөппүт ийэм Дария
Михайловна бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. Оччолорго дьонум Уһун –Эбэҕэ олорор этилэр. Биир уол
оҕо төрөөн баран, түөрдүгэр сылдьан, сэбиргэхтэтэн өлбүт. Мин иннибинэ оҕо ылан иитэ
сылдьыбыттара эмиэ өлөөхтөөбүт.Аҕам Федот Федотович”Мэкэри” диэн алааска, элбэх
оҕолоох дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт киһи.
Сталинград куораты босхолооһун сэриитин кыттыылааҕа. Уоттаах сэрииттэн төбөтүгэр
улахан эчэйиилээх кэлбит этэ, наар бэргэһэ кэтэ сылдьарын өйдүүбүн.
Соччо-бачча өйдөөбөппүн эрээри, дьонум олус иллээхтик олорбуттара. Ийэм, куобах түүтүнэн
иистэнэрэ, бэргэһэ тигэн кэтэрдибитин өйдүүбүн. Аҕам, арыыйда эрдэҕинэ, колхуоска
биригэдьиирдээбит, онон наар дьон-сэргэ ортотугар сылдьар эбит. Кэлин ыарытыйара бэргээн,
дьиэҕэ ийэбэр илии-атах буолбута. Бултуурун сөбүлүүр быһыылааҕа, саас аайы саһаан үрдүгэр
кырааскаламмыт маччыыт төбөтүн сааһылаан кэчигирэппит буолара. Ол кырааскатын. оҕо
сылдьан, тастыҥ быраатым Гурьев Толялыын ыламмыт мас таһар тэлиэскэни кырааскалаан
чыпчаххайынан таһыллыбыттаахпын.Атахпынан ыарытыйан Балыктаах балыыһатыгар
эмтэнэ барарбар, аҕам барахсан көтөҕөн олорон сыллаан атаарбыта. Аҕам мин оскуолаҕа
киириэм иннинэ, 1964 с. өлбүтэ. Аҕабын, дьон-сэргэ таптаан Түөсэ диэн ааттыыллар этэ.
Биир сайын этиҥнээх ардахтаах сайын буолбут, биһиги дьиэбитигэр отчут уолаттар хоно
кэлбиттэр. Арай утуйа сыттахтарына, оһох үөлэһинэн чаҕылҕан киирэн оһох хаппаҕын тоҕо
тэбэн киирэн. түннүгү алдьатан тахсыбыта үһү. Онно аҕам олус уолуйан айдаан бөҕө буолбут:
“Туох буолла!? Сэрии буолла дуо!?” – диэн хаһыытыырын быыһыгар ытыыра эбитэ үһү.
Сэрии алдьархайын билбит киһи айманаахтаабыт.
Аҕам Уһун Эбэтин күөлүгэр киирэн өрүү балыктыыр эбит. Оҕолорго олус сымнаҕас
сыһыаннаах этэ, ордук ийэм быраатын уолун Куостуйааны сөбүлүүрэ, өрүү хоонньугар илдьэ
сытааччы. Кэлин аҕам ыарыыта бэргээн, ас барбат буолан сыттаҕына ийэм, кини сытар
хоһугар мээнэ киллэрбэт этэ. Өлбүтүн кэннэ, бу аҕам ороно, диэн күндүтүк саныырым.
Аймахтарын кытта билсэр этэ, Майаҕа олорор бырааттарын кытта суруйсар быһыылааҕа.
Кэлэн да бараллара быһыылааҕа, кэһиилэрин оонньуур аҕалалларын үдүк-бадык
өйдүүбүн.Аҕам барахсан, төһө да кыра оҕо сааспар олохтон туораатар, миэхэ үтүө өйдөбүлү
хаалларан барбыта. Кини өлбүтүн кэннэ, ийэбинээн, таайым Дьөгүөссэлиин олорбуппут.
Төрөппүттэрим барахсаттары олус күндүтүк саныыбын...”(Матта, 2020 с.)