Page 17 - Ветераны
P. 17

ИВАН ЛЬВОВИЧ, МАРИЯ ЕГОРОВНА

                                             ТОЛСТЯКОВТАР


















                Биһиги  ийэбитинэн  хос  эһээбит  Иван  Львович  уонна  Мария  Егоровна
            Толстяковтар  тыыл  уонна  үлэ  бэтэрээннэрэ,  Ааллаах  Үүн  таһаҕасчыттара
            (1942-1945сс)  этилэр.  Эһээбит  1941  сыллаахха  Тыараһа  нэһилиэгин  саамай
            үлэни кыайар – хотор, ыраах айаны тулуйар, ат көлөҕө сыстыгас этэ. Эһээбит –
            стахаанабыс  үлэһит,  дьонун  –  сэргэтин  көрө  –  истэ  сылдьар,  кыайыгас.  Ол

            кэмӊэ  кыахтаах  дьону  таланнар  таһаҕас  таһарга  ыыталаабыттара.  Ол  иһигэр
            биһиги  эһээбит  киирсэн,  хос  эбээбитинээн  Мария  Егоровналыын  төрөөбүт
            дойдуларыттан тэйэн, ыраах айаӊӊа туруммуттара.
                 Айан  суола  олус  ыарахан  ,  араас  үрэхтэри,  маардары  туораан  Чычымах
            Көрдөрүүлээҕинэн,  Дьаамынан  айан  суола  барара  эбитэ  үһү.  Таһаҕасчыттар
            тохтоон  хонон  ааһар  Симиэбийэ  диэн  сиргэ  сынньанан,  танастарын  куурдан
            ааһаллар  эбит.  Салгыы  Охотскай    диэки  баран  истэхтэрин  аайы  суоллара
            ыараан, үрдүк дабааннары дабайан, таас хайалары туорааннар, аатырар Сэттэ
            Дабаан  дьулаан  айанын  ааһаллара.  Туох  баар    таһаҕастарын  энчирэппэккэ
            аҕаларга  кыһаллаллара,  олус  эппиэтинэстээхтик,  уустук  кэмнэргэ  үтүө
            суобастаахтык үлэлээбиттэрэ.
                     Биһиги хос эһээбит уонна хос эбээбит Улуу Аҕа дойду сэриитин кэмигэр
            фроӊӊа  барар  аһы-таӊаһы  таспыттарыттан,  ыар  кэми  тулуйан,  күүстэрин
            барытын Кыайыы туһугар анаабыттарыттан киэн туттабыт, сүгүрэйэбит.
                                            Хос сиэннэрэ Денис 4 “а”, Яна 9 “а” кыл. Сотниковтар
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22