Page 13 - Ветераны
P. 13

НАХОДКИН ПЕТР НИКОЛАЕВИЧ
































                     Биһиги  хос  эһээбит  1920  сыллаахха  Мэҥэ-Хаҥалас  улууһун  Дойду
            нэһилиэгэр төрөөбүт.
                     Матта  сэттэ  кылаастаах  оскуолатын  бүтэрбит.  Онтон  Дьокуускайга
            речной училищеҕа «4», «5» сыаналарга үөрэммит.
                     Сэрии саҕаламмытыгар, бэйэтэ тылланан, 22 сааһыгар армияҕа барбыт.
                     Биһиги  хос  эһээбит  маҥнай  Даурия  Забво  диэн  воинскай  чааска  1943
            сыл  олунньутугар  диэри  сулууспалаабыт.  Онтон  орто  үөрэхтээх  уолаттары
            Забайкальскай стрелковай-минометнай училищеҕа өірэппиттэр.
                     1944  сыллаахха  кинилэри,  эдэр  офицердары,  Илиҥҥи  фроҥҥа
            ыыппыттар.  Онно  пулеметнай  взвод  командирынан  сылдьыбыт.  Украинаны,
            Закарпатьены,        Соҕуруу        Польшаны        уонна      Чехословакияны          ньиэмэс
            талабырдьыттарыттан босхолоспут. Ынырыктаах уоттаах сэриилэр Львов диэн
            былыргы  нуучча  куоратыгар,  Соҕуруу  Польша  Ужгород  диэн  куоратыгар,
            Моравски-Острова диэн Чехословакия бөдөҥ куоратыгар буолбуттара диэн хос
            эһээбит  кэпсиирэ  үһү.  Сэриини  Оломоуц  диэн  Чехословакия  куоратыгар
            түмүктээбит.  Сэрии  сылларыгар  иккитэ  бааһырбыт,  ол  иһигэр  биирдэ
            ыараханнык.
                     Сэрии  бүппүтүн  кэннэ  кини  чааһын  Арҕаа  ыыппыттар.  Онно  Хотугу
            Манчурияны уонна Соҕуруу Кореяны босхолоспут.
                     Ол сырыытын Тихэй океан биэрэгэр түмүктээбит. Онно 1945 сыллаахха
            Кыһыл  Сулус  орденынан  наҕараадаламмыт.  1946  сыл  муус  устарыгар
            демобилизацияламмыт.
                      Биһиги хос эһээбит «биир киһи сатыырын атын киһи сатыырга
            дьулуһуохтаах» диэн этэрэ үһү. Бу эппит этиитин биһи оҥорорго кыһаллабыт.

                                                                             Хос сиэннэрэ Айтал 3 «а»,
                                                                                     Уйгууна 8 «б» кыл.
                                                                                                Баишевтар
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18