Page 9 - Ветераны
P. 9
РОМАНОВ ФИЛИПП АЛЕКСАНДРОВИЧ
Хос эһээм Романов Филипп Александрович сэрии ,үлэ ветерана ,улуус,
нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо 1922 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһун
Дьабыыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1936 сыллаахха 5-с кылааһы бүтэрэн баран
колхоз араас үлэтигэр үлэлээбитэ. 1940 сыллаахха куоракка тракторист
курсугар үөрэммитэ. Саҥа МТС аһыллыытыгар 1941с. тракториһынан, онтон
старшай тракториһынан үлэлээбитэ.
Аляска-Сибирь салгыннааҕы трасса 1942 сыл күһүнүттэн 1943 сыл сааһыгар
диэри Төҥүлү Сэгэлэй күөлэ саппаас аэродром буолбута. Бу аэродромҥа мин
хос эһээм эмиэ улэлээбитэ. Самолет түһэригэр хараҥаҕа , эрдэ бэлэмнээн, уот
уматан площадканы сырдатан бэлэм олороллоро үһү. Самолету
заправкалыыллара, сороҕор эрэмиэннэтэн да ылаллара эбитэ үһү.1943
сыллаахха армияҕа барбыта. Забайкальскай границаҕа Читаны ааһан
Монголияҕа сулууспалаабыта. 1944 сыллаахха байыаннай үөрэххэ сылдьан
Монголия оборонатын бөҕөргөтүүгэ сылдьыбыта. Онно оборона
бөҕөргөтүүтүгэр траншея хаьыытыгар, дзоттары олордууга сылдьыбыта. 1944с.
танковай чааска үөрэнэн, танкаҕа пулеметчигынан уонна младшай
механигынан сылдьыбыта. 1947 сыллаахха муус устарга демобилизацияланан
дойдутугар төннөн кэлбит. Кэлэн баран МТСка үлэтин тракториһынан
салҕаабыта. 1958 сылтан трактористар биригэдьиирдэринэн, МТС-ка , Киров
ааатынан колхозка , онтон Горькай аатынан совхозка үлэлээбитэ.
Хос эһээм 5 оҕо аҕата, 8 сиэн,14 хос сиэн тапталлаах эһээтэ 2001
сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.
Хос сиэнэ Романова Айсула 8 “б” кылаас үөрэнээччитэ