Page 8 - Ветераны
P. 8
МАКСИМОВА АНАСТАСИЯ НИКОЛАЕВНА
Мин хос эбээм Анастасия Николаевна 1928 с. Араӊас нэһилиэгэр иккис
оҕонон төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр эбит. Ийэлэрэ эбээм 6 саастааҕар
кыра быраатын төрөтөөру хаана баран күн сириттэн суох буолбут.
Онтон ыла аҕаларыгар хаалбыттар. Аҕалара былыр эмп суох буолан эдэр
сааһыгар хараҕа көрбөт буолбут. Ол иһин хос эбээм аҕата сирдьит оностоору
оскуолаҕа үөрэттэрбэтэх, 2-3 эрэ күн үөрэммит.
Ас-таӊас суох буолан эдьиийинээн сүбэлэһэн баран Томторго күрүүллэр.
Сатыы хааманнар Бэрээйиҕэ тиийэллэр, сэниэтэ эстэн охтон хаалар. Эдьиийэ
тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн тыллаан сыарҕалаах атынан илдьэллэр.
Аймахтарыгар тиийэн аһаан-сиэн махталлара муӊура суох. Онно тиийэн
сүөһү көрүүтүгэр үлэлээн, кэлин ыал буолан дьон буолбуттар.
Наҕараадалара: "Ветеран труда" от 5.11.1983г., "Дети войны", "За
доблестный труд в ВОВ 1941-1945гг от 15.08.1992г, "50лет Победы в ВОВ
1941-1945гг" от 11.03.1996г., "55лет победы советского народа в ВОВ 1941-
1945" от 18.11.1999г., "60лет победы в ВОВ 1941-1945гг" от28.02.2004г., в
связи с 60-летием Победы в ВОВ 1941-1945гг от 8.05.2005г., в связи с
65летием Победы в ВОВ 1941-1945 от 11.02.2010г., Юбилейный знак РС(Я)
"Ветерану ВОВ 1941-1945 от 10.03.2015г., "70лет победы в ВОВ 1941-1945г от
28.03.2015г., Юбилейный знак "70лет Победы в ВОВ 1941-1945" от 7.05.2015г.,
«Почетный старейшина РС(Я)» июнь 2015г.
Хос сиэнэ Макаров Мичил 3 «б» кылаас үөрэнээччитэ