Page 2 - Ветераны
P. 2
ТОЛСТЯКОВ МИХАИЛ РОМАНОВИЧ
Биһиги хос эһээбит Толстяков Михаил Романович 1914 с. Доллу
нэһилиэгэр төрөөбүт. 1941 с. атырдьах ыйыгар сэриигэ
ыӊырыллыбыт. 1941 с. Молотовскай уобаласка землянка хаһыытыгар
ыытыллыбыт. Манна байыаннай үөрэҕи бүтэрбит. 1942 с. Арҕаа
Фроӊӊа ыыппыттар. Ити сыл Старая Русса туһаайытынан стрелковай
полкаҕа, пехотаҕа рядовойунан сулууспалаабыт. 1942 с. сэтинньи
ыйтан Сталинград куораты босхолооһуӊӊа 43 күннээх түүн устата
сэриигэ ыыппыттар. Саамай сэрии уотун ортотугар сылдьыбыт.
Сотору ыараханнык бааһыран госпитальга киирбит. 4 ый эмтэнэн
баран снайперскай үөрэххэ ыытыллар. Кэлин бэйэтин бэргэн
ытыытынан 10 немец уонна офицеры өлөрбүт. Кэлин немец снайпера
бултаһан Михаил Романович уӊа илиитин тосту ытар, илиитин
уӊуоҕун үлтүрүппүт. Сылтан ордук эмтэнэн 2-с группалаах инвалид
буолан 1944 с. ахсынньыга дойдутугар кэлбит.
Хорсун буойун иһин Кыһыл Сулус уонна 6 бойобуой мэтээллээх
наҕараадалаах эбит. Армияттан кэлээт Энгельс колхозка
сылгыһытынан, кадровай булчутунан үлэлээбит.
Биһиги хос эһээбитинэн киэӊ туттабыт!
Хос сиэннэрэ Игорь 11 «а», Артем 9,
Дайаана 5 «а», Уйгулаана 2 «б» кыл. Ильиннар