Page 67 - Ветераны
P. 67
ВАРЛАМОВА АННА НИКОЛАЕВНА
Мин эбээм Варламова Анна Николаевна 1932 сыллаахха Нэммэрэ сайылыгар
Уулаах диэн алааска төрөөбүтэ. Тоҕус сааһыттан сэрии ыар сылларыгар
ыанньыксытынан, сүөһүгэ бостуугунан, мас эрбэтиитигэр, от үлэтигэр, биэ
ыаһыныгар, фермаҕа уу баһыытыгар, сүөһү сааһын тиэйиитигэр үлэлээбитэ. 15
сааһыттан колхозка, совкозка 47 сыл ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Бу үлэлиир
сылларыгар наар бастыннар кэккэлэригэр сылдьыбыта.
Наҕараадалара: 1974- 1976 сылларга Чекист Петров бирииһин лауреата,
1977- коммунистическай үлэ ударнига, 1980 - 1981 сылларга социолистическай
куоталаһыы кыайыылааҕа, 1992- за доблестный труд в ВОВ 1941- 1945гг, 1995-
50 лет Победы в ВОВ 1941-1945гг ветеран тыла,1997- маршал Советского
Союза Жуков, 2003- ытык ыал буолбуттара, 2005- 60 лет ВОВ 1941-1945
мэтээллэрдээх, 2009- үтүө дьыала знак биэрбиттэрэ.
Эһээбитинээн Варламов Роман Николаевичтыын 53 сыл бииргэ олорбуттара
2003 сылга ыам ыйыгар ытык ыал бочуотун кинигэтигэр ахсыс нүөмэринэн
киирбиттэрэ. 2010с. - Гос.дума депутатыттан Федот Тумусовтан махтал сурук
ылбыта.
Хос сиэнэ Монастырева Алгыстаана 1 «а» кылаас үөрэнээччитэ