Page 63 - Ветераны
P. 63

АНДРОСОВ СПИРИДОН МИХАЙЛОВИЧ






































                1909  сыллаахха  I  Өлтөх  нэһилиэгэр  төрөөбүт.  1942  с.  сэриигэ

            ыӊырыллыбыт.  1943 с. сайын Курскай – Орловскай тоҕойго буолбут
            кырыктаах  кыргыһыыга  кыттыбыт.    Атахха  таптаран,  тайаҕынан
            сылдьар буолан, дойдйтугар төннүбүт.
                Бастаан эргиэн тэрилтэтигэр уполминзаг солбуйар начальнигынан,

            онтон  Өлтөххө  Мичурин  аатынан  холкуос  председателинэн
            үлэлээбит.
                Курскай  –  Орловскай  тоҕойго  хорсуннук  сэриилэспитин  иһин

            Бойобуой Албан аат III степеннээх орденынан наҕараадаламмыта. Ол
            ордены илиитигэр өлүөн икки сыл иннинэ 40-тан тахса сыл кэнниттэн
            туппута.
                Кэргэнинээн  Лыткина  Степанида  Николаевналыын  10  оҕону

            атахтарыгар туруорбуттар.

                                 Хос сиэнэ Птицына Сайаана 1 «а» кылаас үөрэнээччитэ
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68