Page 58 - Ветераны
P. 58
ТРИФОНОВ ПЕТР СЕМЕНОВИЧ
Биьиги хос эһээбит Трифонов Петр Семенович 1905 сыллаахха Мөӊүрүөн нэһилиэгэр
төрөөбүтэ. Ийэтэ Никитина Мария Ивановна, аҕата Трифонов Семен Иванович, 4 оҕолоох
ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
1943 сыллаах сэриигэ ыӊырыллан Забайкальскай байыаннай округка тиийэн Япония
сэриинэн түһэр түгэнигэр бөҕөргөтүнүү үлэтигэр үлэлээбитэ. Армияҕа Куличкин Егор
Петровичтыын - старшина Дьөгүөрдүүн бииргэ сылдьыбыттара. Аттары айааһыыллара,
тимир суол оӊоһуутугар үлэлииллэрэ.
Сэрииттэн 1945 сыллаахха «Германияны кыайыы иһин» мэтээллээх эргиллэн кэлбитэ.
Этэӊӊэ сэрииттэн эргиллэн кэлэн Араӊастан төрүттээх Ноговицына Матрена
Ефремовнаны кэргэн ылан ыал буолбута, 4 оҕоломмуттара.
Суолу онорор тэрилтэҕэ үлэлии киирбитэ. Түөрт оройуон суолун оӊоруутугар
үлэлээбитэ. Маттаттан Майаҕа, Маттаттан Бороҕоӊӊо, Бэстээхтэн Чурапчыга, Чурапчыттан
Тааттаҕа дылы суол муосталарын оӊорбуттара. Суолу оӊорор тэрилтэҕэ 1970 сыллаахха
дылы үлэлээбитэ.
1060 сыллаахха Дорожнай управление бочуотун кинигэтигэр
киллэриллибитэ, Коммунистическай үлэ ударнига буолбута, Улуу Кыайыы
юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Биһиги, хос сиэттэрэ, кыайыыны уһансыбытын иһин эһээбитинэн киэн
туттабыт, махтанабыт!
Хос сиэннэрэ Дайаана, Сайаана Слепцовалар,
7 «а» кылаас уэрэнээччилэрэ