Page 54 - Ветераны
P. 54

ПЕТРОВА ЕВДОКИЯ МИТРОФАНОВНА




































                1932  с.Чурапчы  улууһун  Мугудай  нэһилиэгэр  Оконешниковтар  диэн  ыалга
            төрөөбүтэ.  Ийэтэ  кыра  эрдэҕинэ  өлбүтэ.  Бииргэ  төрөөбүттэриттэн  соҕотоҕун
            аҕатынаан  хаалбыттара.  Оҕо  сааһа  тулаайах  оҕо  кыьалҕатынан  эрэйдээхтик
            ааспыта.

                1942  сыллаахха  күһүн  Чурапчы  олохтоохторун  күүс  өттүнэн  хоту
            оройуоннарга  көһөруу  буолбута.  Оччолорго  кини  10  саастаах  ыалдьан  сытар
            оҕо  аҕатынаан  хоту  көһөрге  күһэллибиттэрэ.  Эдьигээӊӊэ  тиийэн  кинилэр
            колхуозтарын  сыгынньах  биэрэккэ  дьиэтэ  уота  суох  сиргэ  сүөкээн
            кэбиспиттэрэ.  Тыаттан  мас  кэрдэн  киллэрэн  балаҕан,  хотон  туттан  онно
            кыстаабыттара. Сайын оҕолор балык тууһуурга үлэлэспиттэрэ. 1944 с. Чурапчы
            көһүүлээхтэрин  оҕолорун  Соловьев  Амматыгар  детдомна  көһөрөн  оскуолаҕа
            үөрэппиттэр 1946с. 4 кылааһы бүтэрэн баран аҕатын ыарылыы диэн Мугудайга
            кэлэр.  Аҕата  1948  сыллаахха  өлбүт.  Онтон  ылата  убайыгар  субан  сүөһү
            көрүүтүгэр үлэлээбит.
                1951с.  Арыылаахха  Петров  Семен  Васильевичка  (Уус  Сэмэнкэ)  кэргэн
            тахсар.  5  оҕолоохтор  4  уол  1  кыыс.  "Сайдыы",  "Киров"  уонна  "Уунэр  куус"
            колхуостарга  25  сыл  ыанньыксытынан  үлэлээбитэ.  Кэлин  7  сыл  "Кэскил"
            детсадка  уонна  3  балыыһаҕа  тех.  үлэһитинэн  үлэлээбитэ.  Эбээм  "Сэрии
            кыттыылааҕын  огдообото","Үлэ  тыл  ветерана",1942-1944  с.с.  Чурапчы
            көһүүтүн кыттыылаҕа.
                                                                        Хос сиэннэрэ Кеша 3 «б» кыл.,
                                                                                         Сеня 7 «б» кыл.,
                                                                           Вова 9 «б» кыл. Кычкиннар
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59