Page 55 - Ветераны
P. 55

БАИШЕВ АНТОН РОМАНОВИЧ




























                     Биһиги хос эһээбит Баишев Антон Романович 1914 сыл алтынньы 20 күнүгэр Мэӊэ
            улууһун Дьабыл нэһилиэгэр төрөөбүт.
                     1942с.  бэс  ыйыгар  Кыһыл  Армия  кэккэтигэр  ыӊырыллыбыт.  Бастаан  72  мм
            миномекка податчигынан үөрэтэн баран фроӊӊа ыыппыттар. 1942 сыл балаӄан ыйын бүтэһик
            күннэригэр  Москва  туһаайыытынан  Никольскай  диэн  куорат  чугаһыгар  инники  кирбиигэ
            киллэрбиттэр.  Онно  аттыгар  миинэ  кэлэн  дэлби  ыстаммыт.  Ол  кэннэ  аҕыйах  хонукка
            кулгааҕынан истибэт буола сылдьыбыт, санчааска киирэн тахсыбыт.
                     Сотору 50-ча киһини Сталинградка танковай оскуолаӄа үөрэххэ ыыппыттар. Онно үс
            ый  курдук  үөрэнэн,  1943  сыл  от  ыйыттан  алтынньыга  диэри  стрелок  буолан  араас
            туһаайыыларга сылдьыспыт. Азовскай муора Мелитополь куоратын ылыы адьас чугаһыгар
            өстөөх улахан оборуонатыгар түбэспит. Данила Ивановка диэн дэриэбинэӄэ киириигэ снаряд
            оскуолкатыгар  табыллан,  санчааска  илдьэн  эмтээбиттэр.  Тас  бааһа  сотору  оһон,  салгыы
            сэриилэспит.
                     АрӄааУкраинаӄа Робенскай уобаласка Робер диэн куорат таһыгар биир дэриэбинэни
            босхолооһуӊӊа  Бандера  строевой  чааһын  командирын  туппуттар.  Ити  киһи  икки
            бэстилиэттээх  саһан  сытар  үһү.  Дьиэӄэ  киирэн  ылыы  сүрдээх  суостаах  суол.  Бу  ыарахан
            операция иһин Антон Романовиһы «За отвагу» медалынан наӄараадалаабыттар.
                     Польша  границатыгар  Буг  өрүскэ  тиийэн,  өрүс  арӄаа  өттүттэн  өстөөх
            артиллериятыгар  түбэспиттэр,  танкалара  табыллыбыт,  элбэх  киһи  өлбүт.  Онтон  атын
            ремоннаммыт танкаӄа көһөн салгыы барбыттар.
                     Варшава  бэтэрээ  өттүгэр  Седлен  куораты  сэриилээһиӊӊэ  эһээбит  танкатын
            гөрүүчэйин бааӄар табан, умайан барбыттар. Эһээбит оскуолкаҕата быллан уонна көхсүн уот
            сиэн, инники люгунан сиргэ төкүнүйэн түһэн, умуруоруммут. Итинтэн сыл аӊарыттан ордук
            эмтэммит.  Бу  кэнники  сэриигэ  Аӄа  Дойду  сэриитин  2-с  степеннээх  орденынан
            наӄараадаламмыт.

                                                        Хос сиэннэрэ Антон 1 «а» кыл., Фекла  Баишевтар,
                                                                                 Дохсун Баишев 4 «б» кыл.,
                                                                                           Айтал 3 «а» кыл.,
                                                                                        Уйгууна 8 «б» кыл.,
                                                                             Айыллаан 10 б кыл. Баишевтар
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60