Page 62 - Слайд 1
P. 62

Улуу Кыайыы сылын көрсө








                                              Сэрии хас биирдии саха ыалыгар оспот бааһы хаалларбыта. Биһиги дьоммут
                                              хаһан да сэрии алдьархайын кэпсээбэт этилэр. Сахалыы сиэринэн оҕо
                                              уйулҕатын харыстааннар. Бэйэлэрэ да умнуохтарын, саныахтарын
                                              баҕарбаттара буолуо.
                                                    Биһиги аймахха уоттаах сэрии кыттыылаахтара, сэрии хонуутуттан
                                              төннүбэтэх буойун саллааттар, тыылга Кыайыыны уһансыбыттар, сэрии
                                              оҕолоро бааллар.
                                                    Аҕабыт Роман Дмитриевич 1, сэрииттэн аҥаар илиилээх инбэлиит
                                              эргиллибитэ. Дойдутугар кэлээт, колхуоһугар, сопхуоһугар үлэлээн, пенсияҕа
                                              тахсан да баран, үлэлээбитэ (бостуугунан, сылгыһытынан).
                                                    Биһиги кыра эрдэхпитинэ Кыайыы күнүн өрө көтөҕүллэн бэлиэтииллэрэ.
                                              Кэлин парадка хаамаллара, туһунан колоннанан, плакат тутуурдаах. Оскуола
                                              оҕолоро спортивнай күрэхтэһиилэрэ буолара,  ветераннары эҕэрдэлииллэрэ.
                                              Ветераннар долгуйаллара, үөрэллэрэ. ..
                                                    Кыайыы 70 сылынан, дьоммутун үйэтитэр, кинилэр олохторун ыарахан
                                              да, дьоллоох да түгэннэрин, кинилэр сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн,
                                              махтанан ахтан “Кыайыы күнүн , уруйдуу” диэн кинигэ таһаарбыппыт, ааптар
                                              балтыбыт Роман Дмитриевич11 кыыһа Вера Романовна Гоголева.
                                                    Оскуола үөрэнээччилэригэр, эдэр ыччакка дьиэ кэргэн, аймах болҕомтоҕо
                                              ылан, сылын аайы кэпсиир, үөрэтэр буоллаҕына умнуллубакка үйэлэргэ
                                              хаалыаҕа.
                                                                                                                             Е.Р.Бочкарёва
                                                           Мөҥүрүөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Гос. сулууспа бэтэрээнэ
                                                                                                                                29.04.2020 с.
                                                                                                                    Мөҥүрүөн нэһилиэгэ.
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67