Page 57 - Слайд 1
P. 57

Сут –кураан, сэрии сылларыгар эмп-том кырыымчыгынан, суоҕунан, элбэх оҕолоро өлөн, оннооҕор биир
          кыһын  түөрт  оҕо,  билиҥҥинэн  муҥурдаахтара  тэстэн  өлбүттэр.  Инньэ  гынан,  ийэм  доруобуйатыгар
          улаханнык  оҕустаран  50  туолбакка  сылдьан  күн  сириттэн  күрэммитэ.  Онон,  үс  кыра  оҕо  аҕабыт  62
          саастааҕар  кини  көрүүтүгэр  хаалбыппыт.  Онон,  аҕабыт  ийэ,  аҕа  оруолун  толорбутунан  барбыта.  Килиэп

          астыырга,  алаадьы  буһарарга              син  кэлин  үөрэммитэ.  Дьоҥҥо  сыһыана  үчүгэй  буолан,  дьоннор  көмөлөрө
          баһаам  этэ.  Уонна  эдьиийбит  Тамара  Иннокентьевна                        биһигиттэн  сүүрбэччэ  сыл  аҕа  буолан,  биһиги
          атахпытыгар  туруубутугар  күүс-көмө  буолбута.  Бэйэбит  улаатан  туһунан  ыал  буолуохпутугар  диэри
          кинилэргэ эҥэрдэһэн сылдыбыппыт.  Ону таһынан, ийэм балтылара Дашаны, Ааныһы ( Трифонов П.С.-Чөрө
          Бүөтүр  кыргыттара),  Христина  Романовнаны,  улахан  Татыйааһы  аһатан-сиэтэн,  иитэн  1941-1947с.с.  дылы
          көрөн  улаатыннарбыттара.  Бу  кыргыттары  таһынан,  тулаайах  хаалбыт  оҕолору,  Трифонов  Проняны,
          Трифонов  В.В.,  эмиэ  истэн-көрөн  улаатыннарбыттара.  Онтон,  сэрии  кэнниттэн  1945с.  Трифонов  М.Е.  диэн
          бырааттара  эмиэ  кинилэргэ  өйөһөн–убаһан  олорбута.  Маны  тэҥэ  тулаайах  оҕолор  Решетниковтар–Коля,
          Анна, Олесов Петр, эмиэ ыал буолан туһунан барыахтарыгар диэри олорбуттар. Бу эргис тулаайах оҕолору
          Тулагыттан таһааран, аҕам көрөн–истэн, киһи-хара буолалларыгар тирэх буолбута.

                  Биһиги  сэрии  кэнниттэн  төрөөбүт  оҕолор  аҕабыт  маҥнайгы  колхозтары  тэрийсибитин,  Аҕа  дойду  улуу
          сэриитин  алдьархайын  сут-кураан  сылларыгар  кохоз  бэрэссэдээтэлинэн  үлэлиир  кэмигэр  дьонун-сэргэтин
          хоргуйан өлүүттэн быһаабыт, сүүһүн көлөһүнүн аҕаан туран үлэлээбитин биһиги                                 эппитинэн –хааммытынан
          билбэппит.  Дьон  кэпсээниттэн  истэбит,  билэбит.                  Дьэ,  ити  курдук,  сэрии  ыар  дьылларыгар  бар  дьонун
          хоргуйууттан өрүһүйэн, аһыныгас буолан тулаайахтары көрөн-истэн, билиҥээҥҥэ дылы эһэҕит аатын дьон-

          сэргэ үтүө тылынан ахтар–саныыр диэн эһээм кэпсээнин тумуктээтэ.
                  Эбээм,  эһээм  кэпсээннэрин  истэн  олорон,  маннык  санааҕа,  түмүккэ  кэллим:  сэрии  толоонугар
     хорсуннук  сэриилэспит,  сэрии  ыар  сылларыгар                  бэйэлэрин  харыстаабакка  харса  суох  үлэлээбит-хамсаабыт,  хос
     эһээлэрбин,  хос  эбээбин  билэн-истэн            аһынным  да,  уйадыйдым  да.  Кинилэринэн  киэн  туттан  биһиги  сиэттэрэ
     дьоһуннаах олоҕу олоруохтаахпыт, сырдык ааттарын ааттата туруохпут-бу биһиги кинилэргэ ытык иэспит буолар.
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62