Page 56 - Слайд 1
P. 56

- Ийэҥ, Анна Михайловна сэрии кэмигэр тугу үлэлээбитэй?
                Н.М.А.: - Мин ийэм сэрии кэмигэр 20 саастаах кыыс. «Коммуна суола»  диэн колхозка дьахталлартан
        бастакы тырахтарыыс этэ. Сири, бааһынаны хоруталлара. Дьукаах биэлсэр кыргыттары кытта олорбут
        буолан , холкутук тымырга укол биэрэр, дьону  эмтиир эбитэ үһү. Ийэм аҕабынаан холбоһон,  12-тэ
        төрөөбүт, онтон биһиги үс оҕо тыыннаах хаалбыппыт.  Чэ, ити курдук кылгастык ийэм, аҕам туһунан
        билэрбин кэпсээтим диэн эбээм кэпсээнин тумуктээтэ. Кэпсэтиим салҕыы эһээбин Находкин Иннокентий
        Иннокентьевичка кытта:

              -Сэриигэ эн аҕаҥ сылдьыбыта дуо ?
           Н.И.И.:- Сэриигэ 20-тэн  36 саастарын сиппит эдэр дьон хомуурга түбэһэн бараллара. Оччолорго мин аҕам
        40 сааһын ааспыт киһи сэриигэ хапсыбатах. Биир да кылаас үөрэҕэ суох , арай ликбезка үөрэнэн, аатын

        баттыырга үөрэммит. 1936-1937с.с.биирдиилээн ыаллары холбооһуҥҥа салайсан үлэлээбит. Ол кэнниттэн
        1938-1939с.с. ” Коммуна суола” диэн кыра колхозка тэриллибитигэр , 1940с.аҕабын бэрэсэдээтилинэн
        талбыттар. 1941с.сэрии саҕаланан , бастаах , эдэрчи дьон бары сэриигэ барбыттар. Колхозка үлэһиттэринэн
        аҥардас дьахтар , оҕонньор эрэ хаалбыт. Онон, мин аҕабын , боруонньалаан салайааччынан
        хаалларбыттар. Оччотооҕу бириэмэҕэ ас-үөл кырыымчык, бурдугу лимиитинэн эрэ биэрэр кэмнэригэр ,
        аанньа аһаабат дьон сэниэ-сылба эстэн барбыттар. Аҕам дьонун-сэргэтин хоргуппат санааттан, айаҥҥа
        сылдьыбыт сылгылар ыран , аҥардас тыыннара эрэ хаалбытын, тыынын салҕаан , итии аһылык
        тэрийбит. Онон, алдьархайдаах сут кэмигэр « Коммуна суола» колхоз дьонун-сэргэтин хоргуйан өлүүттэн
        быыһаабыт, биир да ыал , биир да киһи бу колхозтан сутка өлбөтөх.

                    Онтон,  үөһэттэн  партия  модьуйан  аҕабын,  Лэгэнтэй  Марковиһы  1943с.70  –чэ  киһитэ  ,  оҕолуун-
        уруулуун хоргуйан өлбүт «Молотов» колхозка , дьону-сэргэни өрүһүйтэрээри бэрэсэдээтилинэн ыппыттар.
        Онно,  тиийэн,  ампаарга  ыһыы  бурдуга  толору  хааланан  турарыттан,  дьоҥҥо  түҥэтэн  тыыннаах
        хаалбыттары  сутаан  өлөртөн  өрүһүйбүт.  Ону  тэҥэ  трактор  оттук  маһын  бэлэмнээн  үлэтин,  бурдук  ыһар
        бааһыналарын  кэҥэтии  үлэтин,  сүөһүнү  иитии  үлэтин  былааннаахтык  дьаһайан  .  бу  колхоз  эстибэккэ  ,
        этэҥҥэ сэрии ыар сылларын туораабыта.

                   Аҕам  Лэгэнтэй,  ийэбинээн  Татыйаастыын  16  оҕоттон                 үс  оҕо  ордон  хаалбыппыт.  Биһиги  үс  оҕо
        аҕабыт сааһырбытын кэннэ төрөөбүт оҕолорбут. Аҕалаах, ийэбит тус олохторо чэпчэкитэ суох этэ.
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61