Page 54 - Слайд 1
P. 54

Сэрии о5о хара5ынан
                                                                 (Хос эбээм ахтыыта. Кычкина  Диана 7 кылаас)


                                                                Мин  Колодезникова  Варвара  Софроновна,  1930с  сэтинньи  8  күнүгэр,
                                                    уруккунан  Таатта  оройуонун  Бастакы  Алдан  нэһилиэгэр  Уус-Тааттаҕа
                                                    холкуостаах кэргэнигэр төрөөбүтүм.
                                                            Сэрии буолан иннинэ үчүгэй да этэ, сэрии буолаатын кытта туох барыта
                                                    аччаан, суох буолан испитэ. Кураан бириэмэтигэр оҕо барыта от мунньа барар
                                                    этибит.  Этэрбэспит  дуомун  ибили  кэһэн  кэбиһэрбит.  От  халыҥаатаҕына,
                                                    кыайаҕыт  диэн  наар  биһигини  бастакы  илдьэ  сылдьаллара.  Охсооччулар
                                                    уулаах  сири  уутугар  тиийэ  охсоллор.  Салаа  да  оту  хаалларбаттара.  Үрдүк
                                                    мдулҕа  үрдүгэр  түспүт  оту  сатаан  ылбакка  мөҕүллэрбит.  Ыамнарын
                                                    быыһыгар  ыанньыксыттар  киирэн  ону  мунньаллара.  Курааҥҥа  күлүмэн,
                                                    бырдах  сиэн  атахпыттан  хаан  тахсара.  Атахпыт  хатыран  тарбахтара  быһа
                                                    ыстанара. Ону от хордоҕотугар астахпытына наһаа ыалдьар этэ.
                                                            Кураан буолан аһыҥа наһаалаабыта. Этэрбэспит айаҕа аһыҥканан туолан
                                                    хаалара. Онно оҕонньоттор, дьахталлар уонна оҕолор эрэ сылдьаллара. Аҕам
                                                    миэнэ  тириини  имитэн  саары  оҥорон  кэтэрдибитэ.  Онон  абыраммытым.
                                                    Кыргыттар  эмиэ  устунан  оннугу  кэтэр  буолбуттара.  Өйүөбүт  диэн  сорох
                                                    ымдаан,  суорат,  сорох  үөрэ,  иэдьэгэй,  сорохтор  олох  да  кураанах,  ардыгар
                                                    лэппиэскэ  дуома  буолара.  Сайынын  туулаан,  балыктаан  окко  оҕонньоттор
                                                    буолан  сиир  этибит.  Күһүнүн  бурдук  быһыыта  буоллаҕына  (олччотооҕу
                                                    бурдук  сирэ  кыра  буолар  этэ)  ону  сиэрпэнэн  быһар  этибит.  Онно                     үлэлии
              Колодезникова                         сылдьан, ылгыммын сиэрпэҕэ быспытым. Ол чэрэ билигин да баар. Кэнники

         Варвара Софроновна                         мот  охсорунан  быстарар  буолбуттара.  Ону  улахан  кыргыттар  баайан  иһэр
                                                    этилэр. Биһиги бурдук ичигэстиир этибит. Үүнэн турар бурдукка чугааһаабат
                                                    этибит.  Оҕо  барыта  кылгас  уһуктаах  мастаах  буолар  этибит.  Ол  маһынан
                                                    кутуйах хасааһын буллахпытына түөрэ хаһан таһаарар этибит. Биһиги диэки
                                                    бурдугу  ичигэстээһини  уонна  кутуйах  хасааһын  былдьаабат  этилэр.  Ону
                                                    дьиэбитигэр илдьэн астаан, аһаан абыранар этибит. Онно эбиэккэ хортуоска
                                                    буһаран сиэтэр этилэр уонна кыра өлүү хортуоска биэрэр этилэр.
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59