Page 55 - Слайд 1
P. 55
Мин чугас дьонум сэрии кэмигэр
интервьюну онордо
И.М. Находкин хос сиэнэ,
Находкина Лера, 7 кылаас
Саха сирэ- улуу дойду толоонугар уонна тыылга кимтэн да хаалсыбакка бииргэ Кыайыыны уһансыбыта. Ол курдук,
аҥардас Саха сириттэн 62 тыһыынча киһи барыбытттан 17 тыһыынча эрэ киһи дойдутугар-дьиэтигэр тыыннах
төннүбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин аймалҕана мин аймахтарбын эмиэ таарыйбыт. Ол курдук, хос эһэм Кычкин
Алексей Ефимович Москуба куорат босхолооһунугар сылдьыспыт буойун саллаат буолар. Мин эбэм Кычкина –
Находкина Матрена Алексеевна эһэм иккис кыыһа буолар. Эбээбин Матрена Алексеевнаны кытта кэпсэтииттэн:
- Сэриигэ сылдьыбыт уонна эргиллэн кэлбит хос эһээбин кэпсээ эрэ.
Н.М.А.: - Мин аҕам Кычкин Алексей Ефимович 1941с.бэбиэскэ тутан сэриигэ аттанар. Сэриигэ барыан иннинэ
бастакы кэргэниттэн икки эмдэй-сэмдэй уолаттардааҕа. Алексей уонна Иван Кычкиттары аҕам сэриигэ барарыгар
эдьиийигэр Кычкина Анисия Ефимовнаҕа хаалларар. Кини сэриигэ Москуба куорат босхолооһунугар сылдьыбыта
диэн ийэм кэпсиирэ. Сэрии уоттаах хонуутугар аҕам үстэ бааһырбыта. Илиитин лаппаакытын, атаҕын уҥуохтарын
дэлби ыттарбыта. Кэнники бааһырыытыгар атаҕын улаханнык эчэтэн 1944с. дойдутун булбута. А5ам сэрииттэн
кэлэригэр икки орденнаах “Германияны кыайыытын иһин”, “ Хорсун быһыытын иһин” кэлбитэ үһү. Ол
мэтэтээллэри биһиги оҕо сылдьан оонньооммут сүтэрбиппит. Аҕам сэрииттэн кэлээт мин ийэбин Ченянова Аннаны
кэргэн ылар. Ийэбиттэн биһиги үс оҕо төрөөбүппүт, эдьиийим Мария Алексеевна , мин уонна быраатым Ефим
Алексеевич. Аҕабын өйдөөбөппүн , мин үс сааспар сураҕа өлбүт этэ. Аҕабын дьукаахтыы олорбут Гурьева Екатерина
Николаевна-Кээтии “бэрт улгум, аҕыйах саҥалаах, улэһит бэрдэ киһи этэ” диэн ахталлара. Саҥата кыра уонна
аҕыйах буолара дииллэр. Арааһа, эн аҕаҥ эһээтин батан саната кыра , аҕыйах быһылаах.