Page 53 - Слайд 1
P. 53
Мин эбээм
(Кычкина Алика, 7 кылаас)
Мин эбээм Шеломова Екатерина Еремеевна. Кини 1937 сыллаахха от
ыйын 1 кунугэр Чурапчы улууьун Ала5ар нэьилиэгэр, элбэх о5олоох
дьаданы дьиэ кэргэннэ тереебутэ. Бииргэ тереебут бары кыргыттар.
Саамай кыралара мин эбээм, наьаа иринньэх ыарыьах о5о уьу. Ийэтэ
кини кыратыгар елбут.
Сэрии сылларыгар ас-танас кэмчи этэ. Эт энин сиэтэхпитинэ
унуохпутун иьиккэ хаалаан баран таьырдьа тоноро уурарбыт. Саас ас
суо5ар киллэрэн иккистээн буьаран сиирбит. Атын туох да ас суо5а.
Мунха5а соро5ор балык кэлбэтэ5инэ аччык хонорбут.
Сэрии ыар сыллара ааьан ара5ан биэрбэт, аччыктааьын хоргуйуу.
Саас оскуола5а саьаан эрбээьинэ. Холкуоска сааскы бурдук солооьунун
паартааьын, о5ус сиэтиитэ тууннэри улэлиилиирбит. Сайын окко бугул
тугэ5ин харбааьын , сыар5а5а бугул тиэйиитэ ,оту кэбиьии. О5онньоттор,
эмээхситтэр, о5олор биьиги улэбит. Эр дьоннор бары армия5а барбыттара
онно эбии аьына ере туран от-бурдук ууммэккэ елуу-сутуу аччыктааьын
са5аламмыта. Таьырдьа курдьук хаар манхайар, иьирдьэ кыьыл уот
кытарар. Ыар олох, ыар улэ баттала ыксары тумнар куттала. Арай
сынньалан,тот олох, нус хас утуйан ылыы суохтара. Ол урдунэн норуот
Шеломова ейе-санаата таннары туспэтэ5э. Барыта кыайыы туьа диэн санаалара
бигэ кыайыыга эрэллээхтэрэ.
Екатерина Еремеевна. Кыайыы ыьыа5а буолбута. Кырылаан эт-ас баар буолбута. Ол эрэн
олох эмискэ кенен барбата5а. Сайын ардах туьэн сир дойду ке5ерен.
Куьунугэр бурдук елгемнук уунэн дьэ уеьээ тыынан уеруубут урдээтэ. Улэ
хамнас куестуу оргуйбута.