Page 48 - Слайд 1
P. 48
Ол кэҥэ Америка көмөлөһөрө: бурдук, саахар уонна араастабаардар, горючэйдэр кэлэллэрэ.
Ол табаар оннугар биһиги бэрэбинэ, таас чох куруустаан ыытарбыт. Биир муора парохода хас да
баржаны аҕалара. Үлэбит сарсыарда 6 чаастан киэһээ 6 чааска диэри этэ. Ол быыһыгар 1
эбиэттиирбит. Дьиэбит диэн мас баржаҕа олорорбут. Онтукайбыт үөһээ өттө остолобуой,
аллараатыгар кыараҕас баҕайы хараҥа люктэргэ биирдии биригээдэнэн олорорбут.
Биригээдэбитигэр 12 киһи этибит. Ас нуормата күҥҥэ 800г килиэп уонна миин буолара, онон
бүтэр. Аспыт кыра буолан топпот, нэһиилэ үлэлиир этибит.
Ити кэмҥэ 1943с. сайын герой-летчик Папанин үлэһиттэри көрө кэлэ сылдьыбыта. Онтон
ыла аспыт нуормата лаппа тупсубута. Ити курдук 1943 сыл сайыны быһа үлэлээбиппит. Күһүн
кыдьымах киириэн эрэ иннинэ төттөрү Дьокуускайга аттаммыппыт. Өрүһү өрө дабайыы буолан,
ый аҥаара курдук айаннаан Дьокуускайы кыдьымах киирэ турдаҕына булбуппут. Ити үлэбит
кэмигэр аспыт-үөлбүт да куһаҕан, үлэбит да ыарахан буолан дьоммут үксэ ыалдьыы бөҕөнү
ыалдьыбыта. Биһигиттэн Ильин П.П. диэн киһибит өссө Тиксиигэ бара илигинэ ыалдьар этэ, ол
Дьокуускайга кэлэн баран, иһинэн ыалдьан өлбүтэ.
Куоракка ыалдьыбыт дьоҥҥо доруобуйалароын көрөр комиссия тэриллэн бэрэбиэркэлээбитэ.
Ол түмүгэр сорохтор дьиэлэригэр төннүтэлээбиттэрэ. Биһигиттэн Марков Семен Егорович уонна
Никитин Иннокентий Петрович төннүбүттэрэ. Хаалбыт дьон биһиги аҕалбыт баржаларбытын
куруустаан сүөкэтэлээбиппит. Оччолорго кран диэн суох этэ, наар илиинэн үлэлиирбит.
Куруустаан бүтэн баран пароход кыстыыр Намнааҕы Граф Биэрэгэр ыыппыттара. Онно Быһыт
быһыытыгар, остуолба дьаамата хаһан 2 ыйтан ордук үлэлээбиппит. Онно бюиһигиттэн 2 буолан
сылдьыбыппыт: Кудинов В.Д. уонна мин Марков П.Е.
Ол сырыттахпытына түүлээхситтэри үлэҕэ мобилизацияттан босхолуур туһунан уураах
тахсыбыта. Онно маҥнайгынан Кудинов В.Д. бүтэн тахсыбыта. Онтон миэхэ колхуоһум
түүлээхсит диэн документ ыыппыттара, онон көҥүллэтэн тохсунньу ый саҕана бүтэн дойдубар
тахсыбытым. Кэлэн баран 3 сыл түүлээхситинэн үлэлээбитим. 1946 сылтан 1950 сылга диэри
тырахтарыыстаабытым. Онтон доруобуйабынан уурайбытым. 1950-1961сс сайынын окко,
кыһынын фермаҕа от тиэйээччинэн үлэлээбитим. 1961-1978сс оскуолаҕа хачыгаарынан
үлэлээбитим, 12 оһоҕу отторум. 1978с пиэнсийэҕэ тахсыбытым.