Page 17 - Слайд 1
P. 17
Сэрии-сут–кэмигэр хоргуйан өлбүт дьон испииһэктэрин оҥоттордубут,
билиҥҥи түмүгүнэн ахсааннара 63 - кэ тиийдэ. Бу испииһэги улуус архыыбыгар
туттардыбыт.
Иккиһинэн “Иэс” диэн салааҕа ыыппыт үлэбит түмүгүнэн биһиги
бөһүөлэкпитигэр билигин 1 сэрии бэтэрээнэ, 3 сэрии огдообото, 18 тыыл, үлэ
бэтэрээнэ уонна 35 сэрии кэмин оҕолоро бааллар.
Нэһилиэккэ уонна оскуолаҕа “Синий платочек” диэн операция ыытыллара
үтүө үгэскэ кубулуйда.
Хас биирдии кылаас бэтэрээннэргэ дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээн, кэнсиэр
көрдөрөн, бэйэлэрэ оҥорбут сувенирдарын бэлэхтээн, дьиэ ис-тас үлэтигэр
көмөлөһөн кэлэллэр.
Үбүлүөйдээх саастаах бэтэрээннэри чиэстээһин, сэрии оҕолорун кытта көрсүһүү
тэрилиннилэр. Хаартыскаҕа түһэрэн бэлэх оҥордубут. “Тыылга кыайыыны
уһансыбыттар” диэн слету тэрийэн атаардыбыт.
Улууска ыытыллыбыт “Кыайыыга салют!” диэн девизтээх фестивальга
кыттан, оскуола кэлэктиибэ үһүс миэстэҕэ тигистэ. “Мин эһэм – сэрии
кыттыылааҕа”, “Мин эбэм тыылга кыайыыны уһансыбыта” диэн паапкалары
байыттыбыт...