Page 12 - Слайд 1
P. 12
1941 сыл от үлэтэ саҕаламмыта. Дьахталлар, оҕолор
үлэлээбиттэрэ. От оттоммокко, кыайан көрүллүбэккэ, ол
кыһын сүөһү бөҕө өлбүтэ, дьүдьэйбитэ. 1942 сыл сайын
салаа да от үүммэккэ, аһыҥа туран, сут бөҕө, өрт уота туран
тула өттүттэн кыһалҕа буолбута.
Оччолорго холкуостан аһаан олорор тыа дьонугар ас
мэлийбитэ, судаарыстыбаттан нуорма кэлиэҕинээҕэр сэрии
сэбин оҥоһуутугар диэн туһана сылдьар сылабаары,
чаанньыгы кытта хомуйбуттара. Саха дьахталлара туох
киэргэллээхтэрин барытын – симэхтэрин, иһиттэрин-
хомуостарын, кыһыл, үрүҥ көмүстэрин олоччу ууран
биэрбиттэрэ.
1941-42 с.с. кыһын дьон бөҕө хоргуйан өлбүтэ... Дьахталлар
хотон, дьиэ тутуутугар, кыстык бары үлэтигэр
туруммуттара... Таҥас-сап суоҕа... 3-4 ыйынан эргийэллэрэ,
оҕолорун дьонноругар көрдөрөллөрө, кэлэллэригэр
сорохторо өлөн тоһуйаллара...”