Page 11 - Слайд 1
P. 11

Народнай судьуйа, Мэҥэ-Хаҥалас  бочуоттаах  гражданина,

                                                   СР       персональнай              пенсионера                 Андросова             Прасковья


                                                   Дмитриевна ахтыытыттан:

                                                          “Сэриигэ  маҥнайгы  хомуурга  долгуйан  хаалан  ытааһын-

                                                   соҥооһун  соччо  суоҕа,  дьон  үөрэ-көтө  быраһаайдаһан,  сотору

                                                   кыайыылаах  эргийиэхпит  диэн  буолта,  тыаҕа  да,  куоракка  да

                                                   итинник этэ.

                                                          Онтон күн аайы араадьыйанан наар хотторууну, чугуйууну

                                                   биллэрэн  барбыттара. Дьон бөҕө күн аайы бар да бар буолбута.

                                                   Сотору  киһи-сүөһү  убаан,  улам  кураанахсыйан,  ытааһын-

                                                   соҥооһун  саҕаланан  барбыта.  Ойохторо  өлбүт  соҕотох  аҕалар

                                                   оҕолорун  кимиэхэ  эрэ  көрдүннэр  диэн  илдьиттии-илдьиттии


                                                   фроҥҥа  барбыттара,  судаарыстыба  тулаайах  хаалбыт  оҕолорго

                                                   кыһанар кыаҕа суоҕа, онон ким кыалларынан чугас аймах-билэ

                                                   дьон, дьукаах кыһамньыта буолбута.

                                                          Сэрии бүтүөхтээҕэр эбии ыараан, барбыт дьон сураҕа суох

                                                   сүппүттэрин туһунан биллэриилэр кэлитэлээн барбыттара...
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16