Page 16 - Слайд 1
P. 16
Ирдэбил үлэни ыытан, суругунан сибээһи олохтоон, хомуллубут
матырыйааллартан биир дойдулаахтарбыт саамай кырыктаах кыргыһыыларга
– Сталинградка, Курскай Тоҕойго, Ытык Ильмеҥҥэ, Ленинград оборонатыгар,
Берлини штурмалааһыҥҥа кыттыбыттарын чуолкайдаатыбыт.
Арҕаа Европа дойдуларын босхолоспуттарын биллибит.
Кинигэлэргэ уонна хаһыаттарга тахсыбыт буойуттарбыт туһунан библиотечнай
аннотациялары оҥордубут. Сэрии бэтэрээннэрэ Д.П. Скрябин, И.Г. Кычкин, Е И.
Протодьяконов уо.д.а. тустарынан Д.Д. Петров “Якутия в годы Великой
Отечественной войны” диэн кинигэҕэ
суруйбута. Үгүс саҥа матырыйааллары хомуйан сааһылаатыбыт, элбэх сэрии
кыттыылаахтарын переснимок оҥоттордубут. Улуустааҕы архыыпка үлэлээммит
“Аҕа дойдуну күмүскүүр Улуу сэриигэ “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн
наҕараадаламмыттар ахсааннара 180 киһиэхэ тиийдэ. Ахсааннарын чуолкайдаан
улуустааҕы декадаҕа ыыттыбыт. Кыайыы күнүн көрсө “Тыыннаахтар умнубат
сыллара” диэн месячнигы тэрийэн араас мероприятилары ыыттыбыт. Ол кэмҥэ
сэриигэ, үстүү-түөртүү уолун атаарбыт ийэлэргэ өйдөбүнньүк бэлиэтин
туруордубут.