Page 13 - Слайд 1
P. 13
Ыарахан сокуоннар
Оччолорго сокуон кытаанах этэ... 1942 сыл бэс ыйын 4
күнүгэр государственнай, общественнай баайтан уоруу иһин
сууматыттан тутулуга суох 5-7 сылтан итэҕэһэ суох 25 сылга
диэри хаайыы сокуона олохтоммута. Дьон бөҕө сууттанара.
Өссө сэрии иннинэ (1940 с. бэс ыйын 20 күнэ) 20 мүнүүтэ
үлэҕэ хойутааһын иһин күһэлэҥ үлэ, хамнастан государство
туһатыгар 25 % тутан туран, үлэттэн аккаастаныы, көҥүлэ
суох күрээһин иһин 4 ый түрмэҕэ хаайыы олохтоммута,
онно эмиэ дьыала элбэҕэ. Холкуос үлэтиттэн борогуул,
күрээһин 6 ыйга кыһалаҥ үлэ, государствоҕа нолуогу
төлөөбөтөх дьон 2 сылга диэри хаайыыга барар сокуона
тахсыбыта (1942). Чааһынай бас билэр сылгыларын-
сүөһүлэрин сиэбиттэри эмиэ хаайыыга атаарар сокуон
олохтоммута. Аармыйаҕа барартан куотунуу, аккаастаныы
иһин 1941 с. сокуон олохтоммута – 7 сылга хаайыы...”
...”(“Дойдум. дьонум туһугар”брошюраттан).