Page 7 - Слайд 1
P. 7

1970  с.  Кыайыы  25  сылыгар                        буойуннар  ааттара  суруллубут,                         тимиртэн,

                 мастан  оҥоһуллубут                  бастакы  обелиск                 Халдьаайы  бөһүөлэгэр                      тутуллубута.

                 Кэлин  буойуннарга,  тыыл  ветераннарыгар                                         аналлаах  элбэх  Өйдөбүнньук

                 пааматынньыктар,                       нэһилиэкпит  дьоно-сэргэтэ  аҕа  уустарынан  олорбут

                 алаастарыгар, артыаллар, холкуостар сирдэригэр  туруорулуннулар.

                     Дьыл-хонук  ааһан  истэҕин аайы                            үйэтитии, ирдиир-чинчийэр үлэ салҕанар,

                 саҥаттан  саҥа  арыйыылары  оҥорор.  Ааспыт  үйэ  80-с  сылларыгар  оскуола

                 үөрэнээччилэрэ учуутал Кычкина Г.Ф. салалтатынан                                             Подольскайдааҕы уонна


                 оройуон  военкоматын  архыыбын  кытта  сибээстэһэн  буойуннар  көмүллүбүт

                 сирдэрин  чуолкайдаабыттара.  Атын  оройуоннар  архыыптарыгар  суруйан

                 ирдэбил  үлэ  ыытыллан  нэһилиэкпититтэн  төрүттээх  дьоммут  хантан

                 ыҥырыллыбыттара,                       дьонноро-сэргэлэрэ,                  оҕолоро           ханна         олохсуйбуттара

                 биллибитэ.  Улахан,  ситимнээх  үлэ  түмүгүн  нэһилиэнньэҕэ  тута  иһитиннэрэн,

                 туһааннаахтарга  көстүбүт  докумуоннары  куопуйалаан  тиэрдэн  испиттэрэ.  21-с

                 үйэҕэ “Мемориал-портал” нөҥүө 17                               уордьаннаах буойуттарбыт наҕараадалара

                 чуолкайданан,              Кыычыкыттар  аймах  түмсүүлэрэ  “Награжденные  орденами  и


                 медалями” диэн стелла-пааматынньык  оҥоттордо.
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12