Page 3 - Слайд 1
P. 3
Сэрии кэмин олоҕо
Сэрии ыар тыына Сахабыт сирин бары түгэх алаастарыгар
тиийэ тилийэ көппүтэ. Хас биирдии ыал иитиэхтээн таһаарбыт
уолан дьоннорун, дурда-хахха буолар аар аҕаларын бу
алдьархайдаах сэриигэ сүтэрбитэ. Эдэркээн бэйэлээх оҕолор,
ыччат дьон сут, хоргуйуу кэмигэр суорума суолланан, олорор
олохторо огдолуйан, ийэ-аҕа буолар аналлара быһыллан эрдэ
үйэлэммиттэрэ. Сэрии да кэнниттэн олох тупса охсубатаҕа, түөрт
сыл устата фроҥҥа, тыылга сору-муҥу көрсүбүт дьон
доруобуйалара айгыраан, уйулҕалара көтөн киһилии олоҕу
олорбокко эрдэ анаараа дойдуга аттаммыта.
Онтон сэрии, сут кэмигэр төрөөбүт оҕо-аймах оонньуур оҕо
саастарын билбэккэ да аһарбыттара...
Эйэлээх олоҕу аҕалсыбыт буойун дьоммут, тыылга
кыайыыны уһансыбыт үлэһит дьоммут көмүс ааттарын
умнубакка, хас биирдии көлүөнэ аймах дьон эдэр көлүөнэҕэ
тиэрдэн, кэпсээн иһэр ытык эбээһинэһэ.
Бу кинигэҕэ сэрии толоонуттан эргиллибэтэх, кыайыы
көтөллөнөн төннөн кэлбит буойун дьоммутун, тыыл бэтэрээннэрин
туһунан ахтыылары биллэринэн чопчулаан киллэрдибит.